Бу үйэтин тухары нуучча тылын учууталынан үлэлээбит үтүөлээх учуутал, элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин дьиҥ ытыктабылларын ылбыт, ыал тапталлаах ийэтэ,
эбээтэ эдьиийим Ксана Семеновна хоһооннорун, тылбаастарын бастакы кинигэтэ тахсыбытынан кинини ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Эн айбыт хоһоонноруҥ, сахалыы тылбаастаабыт тылбаастарыҥ ураты ис киирбэхтэрин аахпыт эрэ киһи барыта бэлиэтээн этэр.
Өссө да саҥа айымньыларыҥ тахса, дьон киэҥ араҥатыгар сэҥээрии ыла турдуннар диэн баҕа санаабын тиэрдэбин!
Доруобай, чөл, чиҥ буол!